1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
249 views

Даайа кыымнара хаьыат

Кэскилбит – бэйэбит илиибитигэр
ДААЙА КЫЫМНАРА
Хаһыат ыйга биирдэ тахсар Даайа-Амматын нэһилиэгин хаһыата

№ 1 Сэрэдэ 2010 сыл муус устар 28 күнэ

Убаастабыллаах нэһилиэк олохтоохторо!

Биһиги бу муус устар ыйтан нэһилиэкпит иһигэр хаһыат таһаарарбытын сађалаатыбыт. Ыйга биирдэ тахсар буолуођа. Ким туох эмит сүбэлээх, суруйуулаах, айбыт айымньылаах, эђэрдэлээх, биллэриилээх буоллађына бэчээттииргэ бэлэммит.

Тыын боппуруостар

1. Оскуола5а уорэниэн иннинээ5и ођону иитии кыһатын дьиэтин тутуу.
«Үтүө дьыала» хамсааһын (тол. директор Емельянов И.С.) чэрчитинэн Даайа-Амматыгар ођо детсадын тутуллуута 2010 сылга көрүллэн бу сааскыттан үлэтэ барар.
• Үп-харчы министерствотыгар сайаапка онорон 500 тыь. солк. ааста. Тобођо 1 500 тыһ. солк. хаалла.
• Былырыын кэлбит материал харчыта 67 тыь. солк. ООО «Адгезия» иэстээх сылдьабыт. Бу күннэргэ харчытын төлөһүүтэ барыахтаах.
• Бу детсад тутуллуутугар Минстройтан 2 мөл. солк. керүллэр. Ол материал булуутугар, биригээдэ үлэтигэр барар. Материалын ООО «Дуолан» (сал. Будикин Е.Е.) пенобетон №600- 55 м³ договора оноһуллан түспүтэ. Барыта – 275 000 солк.
• Маһын бэлэмигэр «ГАО Центр- Лес» тэрилтэни кытта договор туһэрсэн бэлэмнэнэ сылдьар. Барыта — 140 000 солк.
• Детсад тутуутугар РИК (директор Федотов А.И.) – спонсорскай көмөђө1 мөл. солк. биэрэр.
• Детсад тутуутун Большаков В.М. бригадата тутарга кэпсэтилиннэ.
2. Кулун тутар 17 күнүгэр Ил Түмэн депутата Наумов Д.Ф. Таатта улууһугар кэлэн барыытыгар Соловьев нэһилиэгиттэн баһылык Илларионов В.И. уонна Даайа-Амматыттан землеустроитель Охотин К.К. буолан баран көрсүһүү түмүгэр «Хахыйах-Мырыла-Даайа-Аммата-Чөркөөх» айан суолун муниципальнай бас билииттэн таьааран республиканскай суолталаах суолларга киллэрии кэпсэтиһиитэ ыытыллыбыта. Бу кэпсэтиһии түмүгэр Чурапчы уонна Таатта улуустарын баһылыктарын кытта тэңңэ докумуон оңоһуллан туһэн билигин ити боппуруоһунан Наумов Д.Ф. күүскэ дьарыктанан үлэлии сылдьар. Бу күннэргэ Саха Республикатын Правительствотын председателигэр Борисов Е.А. киирэн докуменнар түстүлэр. Оччођуна суолбут республиканскай суолталаах буолар түгэнигэр сылын ахсын көрсөр эрэйдэрбит туоратыллыахтара этэ. Бу суолунан икки улууһу таһынан бэйэбит улууспут 5 нэһилиэгэ туһанан олорор.
3. Уот ситимэ. Нэһилиэк сылын ахсын сааскыттан сађалаан уота суох олорон кэккэ сылларга элбэх эрэйи көрсөн кэлбитэ. 2008 сылга Даайа-Амматыгар депутаппыт Максимов А.Н. «Якутэнерго» генеральнай директорын Ильковскай К.К. ађалан биһиги кыһалђабытын билсэн бараннар 2009 сылга Мырыла-Даайа-Аммата уот линиятын көһөрөн тардыллыбыта. Быйылгыттан сађалаан «Якутские центральные электросети» АО (ген. директор Захаров А.А.) дьаһалынан нэһилиэк иһигэр саңа СИП программанан уот линията тардыллар буолла. Үлэ от ыйыттан сађаланар. Эмиэ ити тэрилтэ пилорамађа саңа трансформатор олорто уонна центральнай трансформаторы уларытыы үлэтэ барыахтаах. Ити үлэлэри ыытыыга барыта биһиги өттүбүтүттэн 150 устуука остоолбо бэлэмнэниэхтээђин «ГАО Центр-Лес» тэрилтэ уйунар буолла.
4. Былырыын саңа центральнай котельнайы үлэђэ киллэрбит Саха Республикатын ОдьКХ (ген. директор Цюхцинскай С.Я) тэрилтэтин кытта ыкса сибээстээх үлэ барар. Хардарыта бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэң туһэриллэн сайыңңы бокса лаађырын үлэлэтии, стадион күрүөтүн саңардан атын материалынан онорон тутуу, дорожка тэлгээһинэ (431 175 солк.), хардарыта үбүлээһининэн дьаһалтађа трактор ылыыта, «Фотон» экскаватор – погрузчик ОДЬКх учаастагар булуута, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын батарыы үлэлэр барылланнылар. Дьаһалта тракторын булуутугар «Победа» СХПК өттүттэн спонсорскай көмөђө кэпсэтии бара сылдьар. Дьиэлэргэ ититиини киллэрэргэ дьаһалта улуустаа5ы ОДЬКХ иэс биэрбит турбалары ађалтарыыга Кашкин М.В. үлэлэһэр. Турбаны 6250 кг. договор быһыытынан ылбыттарын төннөрөллөр. Республика ОДЬКХ-тан генеральнай директор 1 солбуйааччыта Сутемьев Ю.И., Бауман Г.А. улэлэһэллэр.
5. Суол оңоһуута. «Чөркөөх-Даайа-Аммата» айан суолун ремонугар Суол сулууспатын департаменыгар (Пахомов В.А.), исполнительнай дирекция (Михайлов Ю.П.) киирэ сылдьыбытым. Ол түмүгэ маннык: Решение от 25 января 2010 года «О проведении неотложных работ по восстановлению автомобильной дороги Черкех-Дайа-Амгата в Таттинском районе с общей стоимостью 7 млн. рублей». Бу көрүллүбүт суумма аңаарын 3531,7 тыь. солк. Таатта улууһа (баһылык Протодьяконов М.А.) төлөһүөхтээх. Проект оңоһуллан исполнительнай дирекцияђа (Михайлов Ю.П.) түспүтэ. Үп-харчы министерствотыгар (мин. Новиков В.А.) көрүүтүгэр 3 465,5 тыһ. солк. сайаапка оңоһуллубут. Уопсайынан, Таатта улууһугар нэһилиэктэр ики ардыларынаађы суоллары тутууга, көрүүгэ 2010 сылга барыта 2 443,5 тыһ. солк. көрүллүбүт.
6. 2010 сылга СХПК «Бөдүргэй» (предс. Белолюбскай П.А.) сылгы базата тутуллуута бэриллэн үлэ сађаланна. Бу база тутуутун ТХМ министрин бастакы солбуйааччыта Афанасьев Н.С., уонна сүөһү-ас Департаменын салайааччыта Оконешников К.Ф. тус хонтуруолларыгар ыллылар.
7. «Победа» СХПК кытта бииргэ үлэлээһин. Биһиги кинилэргэ сири арендађа биэрэн бааһына оңорон бурдук ыһыллыахтаах. Барыта 150 га сир бэриллэр. Салгыы ыччаттары кытта сибиинньэ иитиитигэр, хортуоппуй олордуутугар бииргэ улэлээһин сабађаланар.
8. Өймөкөөңңө бара сылдьыы түмүгэр туризмңа бииргэ үлэлээһин кэпсэтиһиитэ ыытылынна. Салгыы туризмы сайыннарыыга НВК «Саха» (президент Андросов И.М.) сайын кэлэн «Тэйэр Хайа» туһунан материал хомуйан, устан улэлиэхтэрэ. «Тэйэр Хайа» республиканскай туризм маршруттарыгар киирэн салгыы турбазаны сайыннарыыга улэ барыахтаах.
П.Д. Петров,нэҺилиэк баҺылыга

Тыа сирэ-уйгу, быйаң төрдө

Биһиги нэһилиэккэ бүгүңңү күнүнэн уопсайа 89 ньирэй, 3 кулунчук төрөөн турар. Бу күннэртэн уут тутар собуот үлэтин са5алаата, бааһынай хаһаайыстыбалар баһылыктара декларацияларын ылан эрэллэр, былырыын уут квотата 170 тонна бэриллибит эбит буоллађына, быйыл 190 тонна бэрилиннэ, былырыыңңытаађар 20 тоннанан элбэх, хайаан да толоруохха наада.
Быйыл Минсельхоз министрин, Улуус Баһылыгын, ТХУ начальнигын, Нэьилиэк баһылыгын бирикээстэринэн биһиги нэһилиэккэ өртөөһүн ыытыллар. Ходуһаны, мэччирэңи өртөөһүнтэн сир ырааһырар, сэтиэнэђэ умайан суох буолар, үүнүүнү биэрэрэ түргэтиир, хойдор, сылгы төрүөђэ улаатар, ынах үүтэ элбиир. Иккиһинэн, өртөөһүн барбыт сиригэр сылгы, сүөһү сыстыганнаах ыарыылара уонна куртах, оһођос, тыынар уорганнарга сытар инфекционнай, паразитарнай ыарыылар лаппа аччыыллара ветеринарнай сулууспа үлэһиттэринэн бэлиэтэнэр. Онон быйыл ыам ыйын 6 күнүгэр диэри ыытыллыахтаах өрт үлэтигэр нэһилиэк эр дьоно барыта кыттыыны ылыахтаах.
Россельхозцентр иһитиннэрэринэн кураан дьыллар иһэллэр, быйыл сайын алаас эңэр нэһилиэктэр кутталлаахтар, аһынка турар дииллэр. Онон быйыл үчүгэйдик оттуоххутун наада.
Сүөһүлэргитин үчүгэйдик аһатың, ырыган сүөһү наһаа элбэх, кыһыны туораан баран ођуннахтарына бу соччото суох көстүү.
Ветуправления5а эмп суох, улуус үрдүнэн эминэн хааччыллыы мөлтөх, ситэ аһаабатах сүөһү топпокко мэччийэ баран табах отун сиир, битэмиинэ тиийбэккэ бөђү-сађы салыыр, онтон өлүү тахсар. Аны өлбут сүөһүгүн харайыаххытын наада, свалкађа илдьэн уматыахтааххыт, инньэ гымматахха ыарыы турар, өлбутун туьунан ветеринарга биллэриэхтээххит.
Свалкађа тиэрдибэккэ эрэ суол кытыытыгар үс сүөһү сытар, ађыйах миэтирэни ситэри состорор кыаллыбатах. Маннык дьаһанар буоллахха ађыйах сылынан свалка дэриэбинэ иһигэр киириэ дии. Бу өлбүт сүөһүлэр хаһаайыттара (кимнээхтэрэ биллэллэр) өлуктэри харайаргытыгар, уоттуургутугар
Муус устар 17 – 18 куннэригэр «Бөдүргэй» кооператив чилиэннэрэ председатель Белолюбский Петр Архипович салалтатынан сылгы базатын тутуутугар икки хонуктаах сиэрдийэ субуотунньугар тахса сырыттылар. Ити курдук бары көмөлөөтөхх эрэ тугу эрэ кыайар буоллахпыт.
Онтон сайылык тутуута муус устар 7 кунунээ5и мунньах тумугунэн ИП Моттуев Роман Прокопьевич нөңүө барар. Сайылыгы быйыл эрэ биэрэллэр, титиигин тутуннахха оборудованиетын ађалан установкалыыллар.
Петр Архипович, Роман Прокопьевич инники улэлэргитигэр ситиһиини.

А.К. Охотина, дьаьалта тыа хаьаайыстыбатын боппуруостарыгар специалиьа

СуеҺу-сылгы туруга

Бу дьылга биһиги нэһилиэккэ 435 төбө ынах сүөһү, 31 хотоңңо кыстыкка киирбитэ, Былырыыңңыттан 21 төбөнөн ађыйах. 2009 сыллаахха ыанар ынах ахсаана -224 төбө, (о.и. 52 тиңэһэ) эбит буоллађына, быйыл 179 төбө (о.и. 34 тиңэһэ) баар. Ол аата былырыыңңыттан 45 ыанар ынах көђүрээбит.
Муус устар 25 кунугэр 2009 сыллаахха 125 ынах төрөөбүт, быйыл бу кэмңэ 97 ынах төрөөтө. Быйыл кыстыкка киириигэ 153 борооску аађыллыбыта. Билиңңи туругунан 132 борооску баар. Бары да билэргит буолуо муус устарга, ыам ыйыгар, бэс ыйыгар төрөөбүт ньирэйдэргэ ийэтин үүтүн ситэ эмтэрбэтэххэ эбии аһылык (бөлөнөх, комбикорм) аһаппатахха итинник көстүү тахсар. Онон бары сүөһүлээх ыаллар инникигитин учуоттаан тыа сиригэр олорор дьон сүөһү этиттэн-үүтүттэн аһаан-таңнан олорорбутун умнумуоххайын, сүөһүлэрбитин харыстыађын, төбөтүн ахсаанын элбэтиэххэйин. Быйылгы кыстыкка учугэй туруктаах, ыраас көрүүлээх Чемпин И.В., Собакин Е.Е., Егасов Ю.Е., Павлуцкай Н.К., Тимофеева С.В., Чехченнонова И.Н., Романов Ф.Ф. курдук ыаллар сүөһүлэрин иитэллэрин-аһаталларын, көрөллөрун холобур оңостуохха.
Быйыл сылгы төбөтүн ахсаана элбээтэ. Уопсайа 121 төбө сылгылаахпыт, онтон 36 убаһа сыл тађыста, 69 биэлээхпит, билиңңи туругунан 6 кулуннаахпыт. Нэһилиэк олохтоохторо инникитин сыспай сиэллээђи үксэтиэђин.
Т.И. Аржакова, ветпуун сэбиэдиссэйэ

2010 сыл — учуутал сыла

Х.И. Кашкин аатынан Даайа-Амматын орто оскуолатын сонуннара

Муус утар 6 кунугэр оскуола актовай саалатыгар Кыайыы былаађын көрүстүбүт. Эйэлээх олох туһугар туруулаһан үлэлээбит тыыл ветераннарыгар, сэрии толоонуттан эргиллибэтэх буойуттарга, кинилэргэ махтал, кэриэстэбил тыла ахтылынна. Кэлбит ыалдьыттар эдэр ыччакка түмсүүлээх буоларга кэс тылы эттилэр. Кыайыы 65 сылыгар аналлаах араас тэрээһиннэр буолаллар: ол курдук муус устар 12 кунугэр «Улуу Кыайыы сарыала» фестивальга көхтөөхтүк кытынныбыт. Алын сүһүөх ођолоро сэриигэ барбыт буойуттар дьылђаларын көрдөрөр дьүһүйүүнү туруордулар.
Төрөппүттэр Моттуев Р.П. ырыаларга фонограмма оңорон, Попова Д.С., Аргунов А.И. киэргэтиитин оңорон дьүүллүүр сүбэ сэңээриитин ыллыбыт, кинилэргэ оскуола коллектива махтала улахан.
«Дайыы» туркомплекс быйылгы үлэтин Улуу Кыайыыга уонна Учуутал сылыгар анаата. Барыта 1400 киһи кэлэн сынньанан, оонньоон-көрүлээн, Тэйэр Хайаттан күүс-сэниэ ылынан бардылар.
Үгэс буолбут оскуоланан Тэйэр Хайаны дабайыы муус устар 17 күнүгэр буолан ааста. Бу тэрээһиңңэ ођолор сахалыы сиэри-туому тутуһарга, айылђаны харыстыырга үөрэнэллэр. Итини сэргэ араас таһымнаах күрэхтэр, олимпиадалар, конкурстар, тематическай биэчэрдэр ыытылыннылар.
Р.В. Новгородова, сокуола иитэр улэђэ завуҺа

Почта сонуннара
Даайа-Амма нэһилиэгэ хаһыаты, сурунаалы олус көхтөөхтүк сурутар. Ол курдук 2010 сыл бастакы аңарыгар 50 ыалтан 45-э (90%) суруйтарда.
Нэһилиэк уопсайа 25 араас республиканскай уонна 60 араас көрүң киин российскай таһаарыылары ылан аађар. Ол иһигэр: Таатта – 41 экз. (82 %), Саха Сирэ – 13 (26 %), Кыым -33 (66%), Кэскил – 10 (20%. Биирдиилээн дьон Павлова Т.В. уопсайа 10 көрүң, Собакина М.Ф., Анисимова А.П., Ефремов Р.З. – 9-туу, Петров И.Н.- 7 араас сурунаалы,, хаһыаты сэргээн сурутан аађаллар, билиилэрин хаңаталлар. Тэрилтэлэртэн детсад -7, оскуола- 9, ФАП-1, олохтоох библиотека 36 көруңэ тиһигин быспака суруталлар. Социальнай улэьит Чехченнонова И.Н. быһаччы көмөтүнэн 15 ыал чэпчэтиилээх хаһыаттары аађаллар. Почтаны таһар үтүө санаалаах суоппардары: (сыл аңарыгар 7500 хаһыаты, сурунаалы ону таһынан 100 посылканы) Новгородов К.Е., Охотин К.К., Игнатьев Ф.И., Моттуев Р.П., Массаев И.Е., Романов Ф.Ф., Заболоцкай П.Е., Аргунов А.И. амарах тылынан ахтыахпын, махталбын аныахпын бађарабын.
Аны 2010 сыл 2-с аңарыгар сурутуу сађаланна. Ыам ыйын 13-23 күннэригэр «Сурутааччы күнэ» чэпчэтиилээх сурутууу декадата буолар. Бу күннэри баттаһа бары кэлэн көхтөөхтүк сурутууну ыытаргытыгар ыңырабын.
А.С. Попова, почта начальнига

Спорт, культура сонуннара
Муус устар ыйга үгэс буолбут волейбол курэђэ нэһилиэк олохтоохторун сэргэхситэн 2 күнү быһа ыытылынна. Маны тэрийэн ыытааччынан спортинструктор Игнатьев Ф.И. буолар. Волейболга барыта 58 киһи кытынна. Сүрдээх сытыы киирсии кэнниттэн дьахталларга 1-кы миэстэни ыччаттар (капитан А.Варламова), 2 м- оскуола кыргыттара (Винокурова К.) 3 м- орто саастаах көлүөнэ (Собакина Л), 4-м ветераннар (Новгородова Т) буоллулар. Эр дьоңңо сындааһыннаахтык оонньоон 1 м В. Новгородов капитаннаах ветераннар командалара, салгыы 2 м- оскуола уолаттарын командата (Ефремов М), 3 м- ыччаттар (Моттуев П), 4- м- орто саастаах көлүөнэ (Винокуров М.) буоллулар. Бу турнир «Бастың оонньооччу» аатын эр дьоңңо М. Чехченнонов, дьахталларга А.Дьячковская, «Инникилээх оонньооччу» В. Чехченнонов, кыргыттарга Г.Винокурова инэрилиннилэр. Бука бары волейболистар бириис тутан үөрдүлэр-кттулэр.
Культурнай тэрээьиннэр
Бастакы сааскы бырааһынньыгы көрсө кыыс ођону кэрэђэ уһуйар «Кэрэчээнэ Куо» конкурс оскуола улахан кыргыттарыгар буолан ааста. Манна 6 кыыс кыттыыны ыллылар: Черосова Наташа, Никифорова Настя, Ефремова Айыына, Винокурова Гита, Кондеева Айта, Тимофеева Валя. Бу конкурска кыргыттар сүрдээђин бэлэмнэнэн, талааннарын көрдөрөн, эгил-тэгил кииристилэр. Кыайыылаађынан Кондеева Айта тађыста уонна «Кэрэчээнэ Куо» үрдүк аатын ылла.
Биир бэлиэ кэминэн биһиги нэһилиэккэ «Монстр прошлого» динозаврдар көһөрүллэ сылдьар музейдара турбута буолар. Бу музей салайааччыта Федоров С.В. экспонаттарын биһиги кыра кытыы нэһилиэккэ ађалан туруоран элбэх дьон махталын ылла. Кини инникитин да биһигини кытары сибээстэһэр, үлэлэһэр былааннаађын эппитэ биһигини үөрдэр. Бу музейга 400-кэ киһи кэлэн көрөн сөђөн-махтайан хаартыскађа туһэрэн бардылар. «Дайыы» базатыгар кырыа кыһыны атаарар, сандал сааһы бырааһынньык буолан ааста. Манна сааскы оонньуулар, уолаттарга күрэх ыытылынна. 5 уол кыттыбытыттан кыайыылаађынан Васильев Костя тађыста.
Россия үрдүнэн Кыайыы былаађын эстафетата биһиги нэһилиэги эмиэ тумнан ааспата. Кыайыы былаађа Таатта улууһугар кэлиитэ биһиги нэһилиэктэн сађаламмыта. Былаађы арыаллаан ађаллылар: военком Скачков А.А., ветераннар сэбиэттэрин председателэ Андросова М.С., ыччат отделын специалиһа Протодьяконов Н.М. Былаађы биһиги нэһилиэктэн Охотин К.К. тутта. Элбэх эђэрдэ ырыа ылланна. Үөрүүлээх быьыыга тыыл бэтэрээммитигэр Чехченнонова Т.Я Кыайыы 65 сылынан өйдөбүнньүк мэтээл туттардылар. М.С. Андросова аймахтарын Кангаласовтар бу Даайа-Амматыттан сэриигэ барбыттарын туһунан олус долгуйан туран ахтыы оңордо. Улуустаађы «Уруйдан Улуу кыайыы!» уус-уран самодеятельность фестивала түмүктэннэ. Биһиги нэһилиэктэн бу концерга 47 киһи кытынна. Ыаллыы Мырыла нэһилиэгиттэн баянист Массаев Н., хомусчут Захаров И., хорбутугар Петрова С. куруутун буоларын курдук кэлэн көмөлөһөн бардылар. Концерт 18 нүөмэриттэн 4 бастың нүөмэрбыт Гала-концерга ыңырыллыбыттара. Ол курдук Анисимова А, «Ийэ монолога», А. Никифоров «Норуотун ырыата», Т.Тимофеева, Р, Новгородова чабыр5ахтара, Р. Моттуев «Саллаатын ырыата».
«Хотугу сулус» зональнай конкурска Роман Моттуев 2 о5ону бэлэмнээн илдьэн кытыннарда. Валя Тимофеева 3-с степеннээх дипломант буолла. Р. Моттуев тэрийээччилэр ааттарыттан махтал сертификаты тутта.
М.А. Егасова, «Кустук» сынньалан киин директора

Минньигэстик аьааң!

Дьиэтээђи халбаһыы
Сибиинньэ этэ, ынах этэ – 1 кг, эриэппэ луук – 2 шт., чеснок – 2 зубчик, туус, биэрэс бэйэң билэргинэн. Кыратык марганцовкалаах, туустаах ууга сууллубут оһођос наада.
Эти бытархай гына кырбыыбыт, 1 луугу фаршка эбэбит, 2-с луугу ыһаарылаан баран фаршка кутабыт, туус, биэрэс, чеснок эбэбит. Барытын үчүгэйдик булкуйабыт, оһођос иһигэр угабыт, аһары толору куппаппыт, 15 см. оңоро-оңоро баайабыт. Духовкађа эбэтэр грильгэ 40 мүнүүтэ буһарабыт. Гарнирыгар бђтэйдии буспут хортуоппуй буолун сеп.
«Айсберг» салат
«Айсберг» листовой салат- 1 уст., болгарскай биэрэс- 2 устуука,(араас өңнөөх) туус,чеснок, хартыыһа, олива арыыта.
Салаты, биэрэьи соломканан кырбаан дирин иһиккэ кутабыт. Олива арыытыгар (1 ост. нь) чесногу ныһыйан, туустаан, хартыыһаны (бэлэми) 1 чайнай ньуосканы кутан кыратык туруора түһэн баран остуолга ууруох иннинэ салаакка кутан булкуйабыт.

Субэ холбуката

• Скотч айаннар абыраатылар. Ол гынан баран скотч оннун ыраастыыр мебельтэн, линолеумтан кыаллыбат. Ону мас арыытынан биһэн туруора түһэн баран соттоххо, онтон сылаас уунан сууйдахха түргэнник барар эбит.
• Балык, хаан хаахтыйбатын, сыстыбатын диэн буһарар иһиккэр түгэђэр тэриэлкэ угађын
• Бары билэр дабархайбытынан илиибит бааһын, тыңырах кытыытынаађы саркаађы соттоххо түргэнник оһор.
• Диатезка отонунан бааһы биһиң диэн сүбэлииллэр.
• Илиигэ, тириигэ тахсар үөнү (бородавка) дьиэ таһын ыраастыыр минньигинэн кэлэ-бара сото сырыттахха үөнүң туллан түһэр.

Э5эрдэлэр

Муус устар ыйыгар төрөөбүт, күн сирин көрбүт нэьилиэк олохтоохторун бука барыгытын итиитик-истиңник э5эрдэлиибит! Бађарабыт Эһиэхэ чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, улэђитигэр, үөрэххитигэр өссө үрдк ситиһиилэри. Куруук сааскылыы саймаархай санааланың диэн алгыспытын аныыбыт.

Биллэриилэр

Даайа-Амматын олохтоохторун истиилэригэр

Уу кэлэр кэмигэр бары нэһилиэк олохтоохторо, сүөһүлэргитин-сылгыларгытын, дьиэђит кыылларын үчүгэйдик көрө-истэ сылдьаргытыгар, малгытын, аскытын уу ылбат үрдүк сиригэр харанаргытыгар, бары кусчуттар ууттан сэрэхтээх буоларгытыгар, оскуола ођолорун улахан дьоно суох кустата-бултата бэйэлэрин эрэ ыыппаккытыгар.
ЫБМ хамыыҺыйатын председателэ И.Петров

Дьаһалта балансатыгар турар уопсай дьиэлэри приватизацияђа биэрии сађаламмытын туһунан иһитиннэрэбит. Нэһилиэк Сэбиэтэ олохтообут балаһыанньатын дьаһалта дьиэтигэр кэлэн билсэргитигэр. Ол балаһыанньађа хапсар ыаллар сайабылыанньаны баһылык аатыгар суһаллык туһэрэргитигэр.

Сааскы биэ төрөөһүнэ сађаламмытынан, сүөһүлэр толооңңо тахсыбыттарынан сибээстээн ыттаргытын булгуччу баайаргытыгар. Истибэт тугэңңитигэр СР Административнай кодексыгар олођуран ыстарааптанаргытын ирдиэхпит.
Ыты быата, томторуга суох атыы-эргиэн кииннэригэр, тэрилтэђэ, сокуоннай саастарын ситэ илик ођо тэрилтэлэрин сиригэр-уотугар сырытыннардаххытына сокуонунан гражданнар 500-тэн 1000 солк. дылы, юридическай тэрилтэлэр 10-15 тыь. солк. дылы ыстарааптаналлар. Дьиэ кыыла киһиэхэ доруобуйаны мөлтөтөр гына, сэрэђэ суохтан саба түһүүтүн таһаардахха, өскөтүн бу дьайыыга РФ Холуобунай кодексын 118 ст. көрүллүбүт буруй бэлиэтэ суох буоллађына ыт хаһаайына 3- тэн 5 тыь. солк., юридическай тэрилтэ 10-тан 50 тыь солк. дылы ыстарааптаналлар. Итиннэ ыт оунна куосканы регистрацилааһынтан куотуннахха хаһаайын 1- тэн 1,5 тыь. солк. дылы, сололоох киһи 3-тэн 4 тыь. солк., юридическай тэрилтэлэр 5-тэн 10 тыь солк. дылы ыстарааптаналлар. Ииримтийиини утары вакцинацияттан куотуннахха эмиэ итинник ыстараабы төлүүргэр тиийэђин.

Аадырыспыт: ТираҺа: 25 Гл. редактор: Тимофеева А.В.
678667,Даайа- Аммата Кээмэй 3 лиис Эпп. Секретарь: Чехченнонова П.Н.
Давыдов уул.6 ХаҺыат 28/IV-2010 бэрилиннэ Кемелеьееччу: Охотина А.К.