1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
258 views

Кулун тутар ый

Кулун тутар ый

Алгыһа
 
Дьөһөгөй Айыыга хайыһыы
Хоруу, хоруу, хоруу!
Саханы саха оҥорон
Сандаарпыт,
Киһини киһи оҥорон
Килэппит ,
Дьиэни диэлитээччи,
Күрүөнү уһатааччы,
Алтан сэргэни анньааччы,
Аал уоту уматааччы,
Төлкөлөөх түһүлгэни төрүттээччи,
Дэлэй ыһыаҕы тэрийээччи,
Түөрэм туйахтаах,
Нэлим сиэллээх,
Сиэр дьүһүннээх,
Доллу кулгаахтаах,
Санныгар дьаҕыллаах,
Самыытыгар таҥара бэлиэлээх,
Күн Дьөһөгөй
Айыы тойон,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом!
Күнэ – дьыла
Кулун тутарга саас төһө эрдэ кэлэрин, сайын хайдах буолуон билгэлииллэр.
Кулун тутартан тоҕус тибии буоллаҕына, угут бэлиэтэ.
Кулун тутарга бэлиэтээбит күнүгэр кэлэр ыйга хаар алдьанар.
Ый икки тыаллаах: хаардаах көмнөҕү түһэрэр тыал уонна сыыр хастыыр тыал. Ый хаара – туллук кэлэр хаара.
Кулун тутары балаҕан ыйа батыһар.
Ый алтыһыыта үһүс күҥҥэ буолар.

Суолтата
Кулун тутар ыйга сырдык уонна хараҥа, тымныы уонна сылаас охсуһаллар. Ол иһин бу ыйы кубулҕаттаах ый дииллэр.Бу кэмҥэ саха төрөөбүт ,олоҥхо айыллыбыт.